Олунньу ый 14 күнүгэр киэһэ 17 чаастан «Түһүлгэ» култуура киинигэр Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах оскуола оҕолорун икки ардынан «Сахалыы саҥар» диэн интерактивнай күрэх буолан ааста.
— Икки хамаанда күөн көрүстэ. «Торпеда» хамаанда 6 кылаас үөрэнээччилэрэ, хапытаан Эмилия Яковлева уонна «Сарыал» хамаанда 7 кылаас үөрэнээччилэрэ, хапытаан Семен Новгородов.
— Хамаандаларбыт 7 араас түһүмэххэ кииристилэр: хартыыналарынан, буукубаларын тылы таһаарыы, саха өс хоһооннорун салҕаан биэрии, биллэр дьоннору таайыы уонна хантан төрүттээхтэрин туруоран биэрии.
— Уопсай түмүгүнэн кыайыылааҕынан таҕыста «Сарыал» хамаандата туоһу суруктарынан уонна өйдөбүнньүк бириистэринэн наҕараадаланнылар.
— Эҕэрдэ нүөмэрдээх кыттыыны ыллылар 8 кылаас уолаттара «Сэмэн Ноҕуруодапка» уус — ураннаан ааҕыы, салайааччы А. Д. Григорьева.
— Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр Ой орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учууталлара: Ньургустаана Николаевна Титова, Людмила Николаевна Пермякова, Айна Дмитриевна Григорьева.
— Кыайыылаахтары уонна кыттыылаахтары өссө төгүл эҕэрдэлиибит!!