Муус устар 22 күнүгэр “Түһүлгэ” култуура киинигэр бэртээхэй премьера буолан ааста. Ол курдук, С. П. Федотов аатынан Нөмүгүтээҕи народнай театр режиссера Филиппова А. А. туруоруутунан, “Уу-чукучук кулунчук” диэн Тыва суруйааччылара Алексей Ооржак уонна Хертех Шириин-Оол номохторунан, Кирилл Семенов сахалыы тылбааһынан испэктээк тахсан, элбэх дьон биһирэбилин ылла. Театр артыыстара олус итэҕэтиилээхтик оонньоон, режиссер санаатын олус бэркэ тиэртилэр. Алена Алексеевна кэпсииринэн, бу айымньы сценаҕа тахсарын син өр толкуйдаабыт. Бэлэмнэнии кэмигэр Тыва норуотун көстүүмнэрин “Түһүлгэ” култуура киинин үлэһиттэрэ, ким да туора турбакка, тикпиттэрэ.
Үнкүүһүттэр: Петрова Тамара, Петрова Карина, Осипова Алексинна, Соломова Ньургуяна;
ыалдьыттар: Стручков Федор, Ноговицын Федор, Петров Никита, Чичахов Александр, Мария Борисова, Наталья Константинова; Шыдаар-баай — Геннадий Борисов, Хеймер — кадын — Наталья Стручкова, Хараан учуутал — Сергей Новгородов, Шилги-Бэ — Ольга Рафаилова, Сылдыс-Шокар — Арылхан Петров, Кулунчук — Мир Осипов, Бала-Алеша Терешкин, Шо-Бору — Алеша Беляев, Кускун — Хаа — Сережа Филиппов, кэпсээнньит -Сардаана Томская.