Муус устар 27 кунугэр Саха сирэ биир сурун государственнай бырааһынньыгын — Республика күнүн бэлиэтиир. 1922 сыллаахха бу кун Саха автономиятын тэрийэр туһунан декретка илии баттаммыта. Онтон 70 сыл ааспытын кэннэ бу күн сайдыы суолун саҥа кирбиитигэр киирбиппитин туоһулаан Саха Республикатын Конституцията ылыныллыбыта.
Бу өрөгөйдөөх бырааһынньыкка «Түһүлгэ» култуура киинигэр эҕэрдэ кэнсиэр буолан ааста. Эдэр ийэлэр чороонноох үҥкүүлэрин, Оксана Мазинцева, Сергей Новгородов, Анатолий Нестеров, Кристина Медведкова, Юлия Попова, Харыстаана Никифорова, Алена Слепцова, «Мичилий» ансаамбыл (сал. Попова Ю. Ю.), А. В. Дмитриев аатынан Ой орто оскуолатын 8-10 кыл. уолаттарын хора, «Хоһуун хотойдор» оҕолор ВИА (сал. Яковлев П. П.) ырыаларын-тойуктарын, Альбина Бандерова хомуска дьүһүйүүтүн, Нөмүгүтээҕи норуодунай театр кырачаан артыыстарын толорууларыгар инсценировкаларын көрөөччүлэр олус биһирээтилэр. Эҕэрдэ кэнсиэр дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуоллаах өрө көтөҕүллүүлээхтик ааста.
Маркова С. М.