Ыам ыйын 25 күнүгэр Нөмүгү нэһилиэгин «Төгүрүк остуолугар» Сайылык күнэ буолан ааста. Бу тэрээһин СӨ Ил Дархана Айсен Николаев «Сайылык күнүн» бэлиэтиир ыйааҕар сөп түбэһиннэрэн ыытылынна, аҕам саастаах дьону күндүлээһин уонна түөлбэлэринэн араас күрэхтэр буоллулар. Үөрүүлээх түгэни «Нөмүгү нэһилиэгэ» МТ баһылыга Устинов Наум Васильевич эҕэрдэ тылынан арыйда. Биһиги биир дойдулаахпыт, советскай партийнай уонна государственнай үлэһит, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Софья Петровна Сидорова сыдьааннара кэлэн ыалдьыттаатылар, бэйэлэрин үтүө тылларын эттилэр. Түөлбэлэр туруорбут хамаандалара уот оттон чэй оргутарга, балык ыраастыырга, үөстүүргэ, куһу үргээн ыраастааһыҥҥа, алаадьы астааһыныгар, «Куропатка» салгын саатынан ытыыга, «Дартс» дротигынан сыал табыыга күрэхтэстилэр. Түмүккэ 1 миэстэни «Ой бэс» түөлбэ, 2 — «Эркээни», 3 — «Эргис», 4 — «Оруос» тигистилэр. Кыайыылаахтар грамота, бэлэх, сертификат туттулар. Аҕам саастаах дьон сибиэһэй салгыҥҥа сынньанан, сааскы кус, собо, алаадьы сиэтилэр, ирэ-хоро кэпсэттилэр. Сайылык күнүн Оксана Мазинцева, Юлия Попова уонна Сергей Новгородов ырыанан киэргэттилэр.
Маркова С. М