Алтынньы ыйын 5 күнүгэр Нөмүгү нэһилиэгин «Түһүлгэ» култуура киинигэр индийскэй киинэ дьоро киэһэтэ ааста. Индийскэй таҥастаах ыытааччылар кылгас ыйытык ыытан, көрөөччүлэр урукку кэмнээҕи артыыстары, киинэлэри санаатылар, ыҥырыылаах ыалдьыппыт Лия Давыдова (Булгунньахтаах нэһ.) индийскэй үҥкүүтүнэн бу киэһэни киэргэттэ. Маны таһынан, көрөөччүлэрбит Индия норуотун үгэһинэн минньигэс бэлэхтэри киинэ иннигэр туттулар, дьэ, уонна «Месть и закон» — элбэх көрөөччүнү сэбиэскэй кэмҥэ муспут, уйадыппыт, «Фильм тысячелетия» аакка тиксибит киинэни көрдүлэр.
Күндү Нөмүгү нэһилиэгин олохтоохторун, ыалдьыттарын саҥа арыллыбыт киинэ саалатыгар кэлэн, бэйэҕитигэр, дьиэ кэргэттэргитигэр сынньалаҥы бэлэхтииргитигэр, араас саҥа киинэлэри көрөргүтүгэр ыҥырабыт.
Маркова С. М.