Икки сыл аннараа өттүгэр быстах байыаннай дьайыы саҕаланан, биһиги нэһилиэкпититтэн саха эр бэртэрэ, ыал аҕалара, боотурдарбыт мобилизацияланан, ол эбэтэр контракт баттаһан, төрөөбүт түөлбэлэриттэн барбыттара. Ити бириэмэ устата нөмүгүлэр уолаттарбытыгар араас таһымнаах көмөнү оҥоро турабыт. Ол курдук, сэтинньи 15 күнүгэр «Түһүлгэ» Култуура киинигэр «Бары бииргэ» аһымал кэнсиэр буолан ааста. Кэнсиэр иннинэ ас-үөл дьаарбаҥката буолла, маны таһынан, кэнсиэр бүтүөр дылы лототроҥҥа көмө үп хомуура ыытылынна.
Кэнсиэргэ кыттыыны ыллылар А. В. Дмитриев аатынан Ой орто оскуолатын оҕолоро, учууталлара, «Тирэх» бэтэрээннэр ансаамбыллара, Өктөм нэһилиэгиттэн Лена Филиппова, «Мичилий» ансаамбыл, Оксана Мазинцева, Василий Егоров, «Талба» ансаамбыл, Алена Слепцова, «Чуораанчык» оҕо саадын үлэһиттэрэ, Софрон Владимиров, «Уран» ансаамбыл, Николай Николаев.
Хомуллубут үп-харчы барыта быстах байыаннай дьайыыга сылдьар эр хоһууннарбытыгар тиийиэ. Хас биирдии бу акцияҕа кыттыспыт дьоммутугар ис сүрэхпититтэн махтанабыт, или-эйэни, биир сомоҕо буолууну баҕарабыт, дьоллоох буолуҥ, этэҥҥэ олоруҥ!
Маркова С. М.