Убаастабыллаах Нөмүгү нэһилиэгин олохтоохторо уонна ыалдьыттара! Нөмүгү нэһилиэгэр Дьиэ кэргэн сылыгар аналлаах «Саха ыала – кэскил төрдө, удьуор утума» диэн ааттаах 2024 сыллаах ыһыахпыт туонатыгар бука барыгытын күүтэбит! Киэҥ бырагырааммабытыгар эһиэхэ анаан ыһыах үөрүүлээх арыйыыта, алгыс, баһылык Устинов Наум Васильевич эҕэрдэ тыла, «Ситим» түмсүү оҥорбут симиир иһититтэн уохтаах кымыс иһиитэ, алгыстаах оһуохай, араас күрэхтэр: «Оһуор-мандар ойуулаах саха мааны таҥаһа», «Дьиэрэй, көмүс кылыһах», «Ырыа куттаах дьиэ кэргэн», «Удьуор аймах күрэҕэ-2024», оһуохай күрэҕэ, спортивнай «Нөмүгү уолан» күрэхтэһии, үгэс быһыытынан хапсаҕай, мас тардыһыы күүтэллэр. Ыһыах сиригэр түһүлгэлээн олорор бары ыалдьыттарга кымыс, үтэһэлээх эт түҥэтиитэ буолуо, чороонноох, кытыйалаах кэлэргитин умнумаҥ. «Түһүлгэ» сүүйүүлээх тэттик хаһыаппыттыгар араас бириис оонньонуо: сиргэ турар сөрүүкэтэр кондиционер, балаакка, мангал, афганскай казан, походнай остуол, үрдэриллэр улахан матараас, бассейн, вентилятор. Нөмүгү нэһилиэгэ киэн туттар дьиэ кэргэттэрин кытта ыһыах студиятыгар кэпсэтии буолуоҕа. Киэһэ 20 чаастан Саха сирин эстрадатын сулустара Анастасия Готовцева, Варя Аманатова, Айгылаан, Эрхаан, Тамара Попова уонна Вероника Степанова эҕэрдэ кэнсиэргэ ыҥыраллар. 22 чаастан «Үрүҥ түүҥҥэ» DJ Ashimi, KYN SOL, Ankharob, Харысхан Мойтохонов эһигини күүтэллэр.
Кэтэһиилээх сайыммытын ыһыаҕынан көрсүөҕүҥ, көхтөөх кыттыыны ыламмыт, алгыстанаммыт, күүс-сэниэ эбиниэҕиҥ, үөрэн-көтөн тураммыт, ыһыах күнүн бэртээхэйдик атаарыаҕыҥ!