Ахсынньы 6 күнүгэр Дьокуускай куоракка биһиги маастардарбыт, Хаҥалас улууһун Нөмүгү нэһилиэгин иистэнньэҥнэрин, уустарын быыстапкатын үөрүүлээх арыллыыта буолла. Бу быыстапка Археология уонна этнография түмэлигэр ахсынньы 6-20 күннэригэр көрдөрүллэр. Икки нэдиэлэ устата быыстапка таһынан бэсиэдэлэр, маастар-кылаастар ыытыллаллар. Ол курдук, ахсынньы 10 күнүгэр «Изготовление и украшение посуды көҕүөр, сири по старинной методике» (Игнатьева Д. С.), 11 күнүгэр «Вышивка якутских рукавиц бисером» (Заборовская М), 14 күнүгэр «Крой платья халадаай и кэһиэччик по индивидуальным меркам» (Ноговицына В. В., Никифорова В. В.), «Плетение из лозы» (Константинов И. Е., Константинова Н. Е.), 15 күнүгэр «Изготовление женского аксессуара жабо из кружевной ткани» (Гермогенова А. А.) диэн маастар-кылаастар Дьокуускай куорат олохтоохторугар, ыалдьыттарыгар ыытыллаллар.
А. В. Дмитриев аатынан Ой орто оскуолатын научнай улэҕэ солбуйааччы, «Эллэйаада» экспедиция салайааччыта, кыраайы үөрэтээччи Ноговицын Прокопий Романович бу курдук куйаар ситимигэр кэпсиир: «Эҕэрдэ! Уруй-Айхал! Ытык Нөмүгү Үйэлээх Үгэһэ, Кэрэтэ сөргүтүллэр, Иис — Уус Барҕарыытын туоһута буолла бэҕэһээҥҥи дьикти-сөҕүмэр көмүс тарбахтаах иистэҥньэннэр үлэлэрин киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрэр дьоро киэһэ! 16-17 үйэ үгэстэриттэн саҕалаан саха таҥаһа саҥа кэмнэр кэлэн истэхтэрин аайы сайдан, барҕаран испитин көрдөрөр дьиҥ чахчы сөргүтүүнү сөҕө-махтайа көрүү бу киэһээ буолла. История уонна наука үлэһиттэрин, үгэһи тутуһар иистэнньэҥнэр бииргэ үлэлээн бу маннык кэрэ үөскээн,төрөөн тахсарын, туох барыта былыргыттан утумнаахтык сайдарын, төрүттээх, силистээх утумнаах үлэ дьикти уонна сөҕүмэр көстүүтүттэн үөрүү, астыныы, саха буоларбытынан киэн туттуу көрөөччүлэр куттарын-сүрдэрин кууста, иһийэн олорон ис турукка киирии диэн бу буоллаҕа. Үтүө дьоро киэһээ буолбут сирэ Үгэһи көрдөрөр түмэлгэ буолбута элбэҕи кэпсиир,дьиҥ чахчы үгэһи сэргиир эдэр ыччат түмсэр уонна элбэххэ үөрэнэр ыччат аны салгыы тэнитэр аналлаахтарга анаан тэрилиннэ. Олох саҥа саха кэрэ сөҕүмэр таҥастара бу бэҕэһээ эрэ киэҥ эйгэҕэ көрдөрүлүннүлэр,саха сиригэр биллэр иистэҥньэннэр Валерия Никифорова, Виктория Ноговицына, Александра Романова сылы быһа айан, тигэн бу кэрэ, уус-уран таҥастарын, сөҕүмэр үлэлэрин бэҕэһээ эрэ киэҥ эйгэҕэ таһаарбыттарын көрөр дьолломуттары эҕэрдэлиибит. Көмүс тарбахтаах иистэнньэҥнэрбитин уонна научнай салайааччыларын Светлана Ивановна Петрованы, Александра Прокопьевнаны, түмэллэр үлэһиттэригэр ис сүрэхтэн махтанабыт!!!»