Сэтинньи 1 күнүгэр Нөмүгү нэһилиэгэр “Хомсомуол төлөннөөх уоттара” диэн “Түһүлгэ” култуура киинэ ыыппыт Комсомольскай хамсааhын тэриллибитэ 106 сылыгар аналлаах тэрээһиҥҥэ урукку комсомолецтар түмүстүлэр. Нэһилиэкпит пенсионердарын уонна бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, уруккута комсомол сэкрэтээрэ Егорова Надежда Егоровна тэрээһини үөрүүлээхтик арыйда, урукку активистары бэлиэтээтэ, комсомол саҕанааҕы эдэр саас кэмнэрин санаата. Астаах-үөллээх остуол тула мустан олорон, ирэ-хоро кэпсэтэн, аастыйбыт баттахтаах комсомолецтар тэбэнэттээх эдэр саастарын эргитэн, ыллаан-туойан, оонньоон-көрүлээн, үҥкүүлээн, бэртээхэй киэһэни атаардылар.

1979 сыллааҕы Ой орто оскуолатын выпускниктара “Пионерскай попурри”, Самсонов Г.В. “Дан приказ ему на запад”, Гаврильев В.С. (баяҥҥа доҕуһуол), “Иэйии” ансаамбыл “Песня о тревожной молодости”,  “Талба” ансаамбыл “Аан дойду ыччатын сүрэҕэ” комсомол саҕанааҕы ырыалары ыллаатылар, Громова Т.Е. оонньуу оонньотон дьону сэргэхситтэ. Пионер, комсомол саҕанааҕы ырыалар, речевкалар, хоһооннор, уставтар уо.д.а. дьон өйүгэр-санаатыгар умнуллубакка хаалбыттар. Дьоро киэһэни Уваровскай Александр Иванович, Егоров Андриан Васильевич, ВИА “Хомус” (сал.Яковлев П. П.) ылбаҕай ырыаларынан, Поисеев Егор Васильевич  хомуска оонньоон киэргэттилэр.

Улуу Ленин комсомолун 106 сылынан эдэр саас  эрэллээх аргыстарыгар, кырдьыбат комсомол доҕотторго кыттыыгыт иһин махталбытын тириэрдэбит.

Саргылана Маркова

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *