Бүгүн, балаҕан ыйын 7 күнүгэр, Нөмүгүгэ үгэс буолбут «Күһүн бэлэҕэ» дьаарбаҥка буолан ааста. Бу тэрээһиҥҥэ нэһилиэк уопуттаах оҕуруотчут дьахталлара кэлэн оҕуруот аһын, сибэкки рассадатын арааһын, саҥа үүнэн эрэр талах, мас эгэлгэтин аҕалан атыылаатылар. Дьаарбаҥканы Уваровскай Александр Иванович ылбаҕай ырыатынан киэргэттэ, Филиппова Алена Алексеевна дьону-сэргэни кытта кэпсэттэ, оҕуруотчут дьахталлар үрдүк үүнүү ыларга араас сүбэ-ама биэрдилэр. Нөмүгүгэ быйыл төһө да кураан сайын буоллар, биһиги хаһаайкаларбыт илгэлээх илиилэринэн үүннэрбит оҕуруоттарын аһа, сибэккилэрэ дьон-сэргэ хайҕалын ылла.
Маркова С.М.