Сэтинньи 18 күнүгэр, «Түһүлгэ» КК Аан дойду үрдүнэн Ийэ күнүгэр аналлаах «Күн күбэйдэр» диэн хамаанданан күрэх буолан ааста. Бу тэрээһиҥҥэ икки хамаанда кытынна: А. В. Дмитриев аатынан Ой орто оскуолатын эдэр учууталлара уонна «Чуораанчык» оҕо уһуйаанын иитээччилэрэ. Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: Егорова Надежда Егоровна — СР култууратын туйгуна, Софья Сидорова аатынан бэлиэ хаһаайката, Нөмүгү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Нөмүгү нэһилиэгин бэтэрээннэрин уонна пенсионердарын түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ, култуура бэтэрээнэ, элбэх оҕолоох ийэ, эбээ; Шадрина Наталья Михайловна — Хаҥалас улууһун оҕону эбии үөрэхтээһин киинин дириэктэрин солбуйааччыта, үс оҕо ийэтэ; Макеева Ксения Юрьевна — Нөмүгү нэһилиэгин дьаһалтатын социальнай политикаҕа специалиһа, икки оҕо ийэтэ. Күрэх биэс түһүмэхтээх ааста: бэйэни билиһиннэрии, талба талааны көрдөрүү, «Нөмүгү инники сайдыыта» тиэмэнэн проект көмүскээһинэ, мааны таҥаһы көрдөрүү. Киэһэни ырыаларынан Юлия Попова, Александр Уваровскай киэргэттилэр. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан, оскуола эдэр учууталлара кыайыыны ситистилэр. Икки хамаандаҕа иккиэннэригэр эҕэрдэ суруктар, бэлэхтэр туттарылыннылар.

Маркова С. М.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *