Алтынньы ыйын 4 күнүгэр, Нөмүгү нэһилиэгэр биир улахан түгэн үүннэ, ол курдук, 2023 сыл сэтинньититтэн кэпсэтии баран, сайаапка түһэн, күүтүүлээх киинэ көрдөрөр саала үөрүүлээх арыллыыта буолла. Саха сиригэр кинематограф сайдыытыгар биһиги Нөмүгүбүт дьоно-сэргэтэ улахан суолталаахтар: СР народнай артыыһа, Саха АССР үтүөлээх артыыһа, Хаҥалас улууһун уонна Нөмүгү нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Спартак Петрович Федотов; Российскай Федерация үтүөлээх, СР народнай артыыската, «Ыаллыылар» сериалга ооннььобут, биллэр ытык мааны киһибит Анна Ивановна Кузьмина; кылгас олоҕор саха киинэтигэр бэйэтин чаҕылхай суолун хаалларбыт СР государственнай «Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын» артыыската Айталина Михайловна Ильина (Громова), СР культуратын туйгуна, СР үөрэҕириитин туйгуна, кыраайы үөрэтээччи, киносценарист уонна режиссер Прокопий Романович Ноговицын; Аан дойду араас омук дьонун-сэргэтин биһирэбилин ылбыт «Кэрэни көрбүт» («Не хороните меня без Ивана») диэн киинэ сүрүн геройун оонньообут Александр Александрович Чичахов. Маны таһынан, өр сылларга киномеханиктаан, элбэх киинэни көрдөрөн, үлэлээн ааспыттара: Анатолий Архипович Рафаилов, Борис Иванович Корнилов, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор Светлана Ефимовна Рафаилова уонна Ульяна Петровна Тимофеева.
Киинэ саалатын арыллыыта куйаар дуораанынан Ил Дархаммыт эҕэрдэ тылынан 40 нэһилиэккэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга ааста. Манна кыттыстылар Арсений Розинский, Амма улууһун Эмис нэһилиэгин дьоно уонна Хаҥалас Төхтүрүттэн «ЭкстраСинема» киноплатформа салайааччыта Чиряев Петр Александрович.
Кыһыл лиэнтэни «Түһүлгэ» КК дириэктэрэ Мария Ионовна Андреева уонна ыҥырыылаах ыалдьыппыт Ульяна Петровна Тимофеева ытыс тыаһын доҕуһуолунан быстылар. Дьэ, бу кэнниттэн, толору саала дьон, режиссер Михаил Лукачевскай киһи дууһатын таарыйар «Кыталыктаах кырдалым» киинэтин астына-дуоһуйа көрдүлэр.
Маркова С. М.