«Сайылыкка көһүү өбүгэ саҕаттан дириҥ суолталаах. Тыйыс тымныылаах уһун кыһын кэнниттэн айылҕа уһуктар, алаастарга от силигилии үүнэр, сүөһү ахсаана элбиир, бастакы куйаас күннэр үүнэллэр. Ынах сүөһүнү сайылыкка көһөрүү – саха норуотун төрүт култууратын быстыспат сорҕото, олохпут үгэс буолбут укулаатын тыыннаах холобура, ону чөл хаалларар туһугар биһиги эдэр көлүөнэбитин уһуйабыт» (Ил Дархан Айсен Николаев)
Бэс ыйын 7 күнүгэр Хаҥалас улууһун Нөмүгү нэһилиэгин Хараанай сайылыгар улуустааҕы «Сайылык күнэ» буолан ааста. «Туймаада» экоферма, «Бөртө» конебаза, «Хахсык», «Хоточчу», «1 Малдьаҕар», «Уулаах-Аан» хомуур хамандалара кытыннылар. 1 миэстэни — «Хоточчу», 2 — «Уулаах-Аан», 3 — Булгунньахтаах хомуур хамаандалара тиксэн үөрүүлэрэ үрдээтэ.
Маркова С. М.