Аҕа дойду улуу сэриитэ — ССРС фашистыы Германияны кытта 1941 сыл бэс ыйын 22 күнүттэн 1945 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр кыайыар дылы ыыппыт сэриитэ. Ыам ыйын 9 күнэ — дойдубут бары олохтоохторугар дириҥ өйдөбүллээх ытык күн.

Улуу Кыайыыны уһансыбыт тыыл бэтэрээттэрин, сэрии сылын оҕолорун, аҕам саастаах дьоннорбут! Бу күн сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн туран Аан дойдуну өстөөхтөн босхолообут кыайыылаах көлүөнэҕэ дириҥ махталбытын тиэрдэбит! Аан дойду устуоруйатыгар улахан сабыдыаллаах, ыар сүтүктээх, харах уулаах уонна өрөгөй үктэллээх Улуу Кыайыы суолтата хаһан баҕар норуоттарга Ытык өйдөбүл буолан барыбытын сомоҕолуур. Билигин Арассыыйаҕа төһө да уустук балаһыанньа үөскээтэр, эһэлэрбит холобурдарынан кыайыыга саарбаҕалаабаппыт, Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарбыт, туох баар кыахтарын ууран, этэҥҥэ төннөн кэлиэхтэрэ диэн эрэнэбит.

Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!

Маркова С. М.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *