Ыам ыйын 11 күнүгэр, Покровскай куорат «Саргы түһүлгэтэ» култуура киинигэр олус бэртээхэй дьоро киэһэ буолан ааста. Семенова Полина Петровна — бары бэркэ билэр, убаастыыр, тарбахха баттыыр ытык киһибит, Хаҥалас улууһун уонна Нөмүгү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ үөрэҕириитин уонна култууратын туйгуна, Учууталлар учууталлара, үлэ бэтэрээнэ, 80 сааһын туолар үбүлүөйдээх кэнсиэрэ оҕо сааһын, айылҕаттан ыллыырга ананан кэлбитин, оҕолору ырыа кэрэ алыбыгар уһуйбутун көрдөрөр постановканан арылынна. Манна бэйэтин бастакы үөрэнээччилэрэ, 1979 сыллаах выпускниктар тахсан, попурри ыллаан, постановканы киэргэттилэр. Кэнсиэри иилээн-саҕалаан ыытта «Тыгын Дархан» киинэҕэ Тыгын Дархан оруолун толорбут артыыс Ньургун Бэчигэн. Истиҥ сэһэргэһии, Полина Петровна уонна кини дьиэ кэргэнин, ыалдьыттарын ырыалара-үҥкүүлэрэ дьону кэрэхсэттилэр. Салгыы минньигэс астаах фуршет буолла. «Түһүлгэ» КК үлэһиттэрин күүһүнэн үбүлүөйдээх брошюра тахсан, бу фуршекка тарҕанна. Ыалдьыттар бары сылаас эҕэрдэлэрин этэн, үөрэн-көтөн тарҕастылар.
Нөмүгү көмүс күөрэгэйэ
Хаҥыл Хаҥалас Маалтаанытыттан төрүттээх,
Сиэллээх Хоруомаптар
Сыдьааннара, кэрэ-мааны кыыстара
Полина Петровна.
Үгүс дьону кэрэхсэтэр
Ылбаҕай ырыалаах,
Элбэх киһини сөхтөрөр мааны куоластаах
Полина Петровна.
Музыка алыбыгар элбэх оҕону уһуйбут,
Учууталбыт барахсан
Нөмүгү көмүс күөрэгэйэ
Полина Петровна.
Култуура сайдыытыгар сыратын бараабыт,
Нөмүгүлэр гимнэрин айбыт,
Киэн туттар киһибит эн буолаҕын,
Полина Петровна!
Нохтолоох сүрэхпит долгуйан туран,
Аҕыс уон сааскынан бар дьон аатыттан
Иһирэхтик эҕэрдэлиибит,
Уруй-айхал этэбит!