Муус устар 12 күнүгэр «Түһүлгэ» култуура киинигэр «Бары бииргэ» аһымал акция буолан ааста. Хаҥалас улууһун делегациятын иһинэн Нөмүгү нэһилиэгин салалтата быстах байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар гуманитарнай көмөну тиксэрэ баралларыгар, нэһилиэкпит бар дьоно көхтөөх кыттыыны ыллылар. Бу тэрээһин чэрчитинэн тэрилтэлэринэн, түөлбэлэринэн үп хомуллан, атыы-эргиэн дьаарбаҥката тэрилиннэ, кэнсиэр ыытылынна. Маны таһынан, буолар күнүгэр «Түһүлгэ» култуура киинигэр анал көмө аныыр дьааһыкка тэрилтэлэр, общественнай түмсүүлэр, ыалынан, биирдиилээн дьон кэлэн бэйэлэрин көмөлөрүн уктулар.
Кэнсиэр түмүгэр «Нөмүгү нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии баһылыга Наум Васильевич Устинов бар дьонугар махтанан тыл эттэ, төһө үп-харчы хомуллубутун, бу харчыны ааҕар-суоттуур анал хамыыһыйа үлэлээбитин кэпсээтэ уонна бу көмө чопчу аадырыстаан уолаттарга тиийиэ диэн бүк эрэннэрдэ.
Сырдык санаанан салайтаран ыраах айаҥҥа туруммут нэһилиэкпит баһылыгар Устинов Наум Васильевичка, Хаҥалас улууһун баһылыгар Иринеев Олег Валерьевичка, 2 Дьөппөн нэһилиэгин баһылыгар Константинов Александр Николаевичка этэҥҥэ тиийэн, уолаттарбыт сүргэлэрин көтөҕөн, санааларын бөҕөргөтөн, дьон-сэргэ кэс тылын, алгыһын тиэрдэллэригэр, гуманитарнай көмөнү тиксэрэн, ситиһиилээхтик сылдьан кэлэллэригэр баҕа санаабытын этэбит.
Маркова С. М.